10.04.2021
Муус устар ый маннайгы
еребулун 1999 с. бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев А5алар куннэринэн
биллэрбитэ. 2012 с. бу куну Саха Республикатын бэрэсидьиэнэ Егор Борисов
Ыйаа5ынан булчут кунунэн биллэриллибитэ. Онтон 2017 сылтан Ил Дархан уураа5ынан
ый иккис баскыьыанньатыгар уол о5о кунэ бэлиэтэнэр буолбута. Онон бу ый
ереспуубулукэ эр дьонугар ус бук уеруулээх тугэни тосхойор. Муус устар 10
кунугэр инники кэскиллэрбитигэр – уол о5олорбутугар аналлаах «Байанай» курэх
буолан ааста. Курэхпит сыала: саха киЬитин терут дьарыга булт туьунан о5олор
билиилэрин чинэтии, ебугэлэр угэстэрин булт сиэригэр-туомугар сатабылы инэрии.
Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыЬыаны иитии. КурэхтэЬиини тэрийэн ыыттылар
эр дьон «Эрэл» тумсуулэрэ (сал. Слепцов В.В.). «Байанай» курэххэ Сартан агро
хайысхалаах оскуолатын «Дьулуур» уонна «Мохсо5ол» хамаандалара уонна ыаллыы
сытар Арылах агро хайысхалаах «Байанай», «Сындыыс» хамаандалара 8 туЬумэххэ
курэхтэстилэр. Курэх тумугунэн кыайыы туЬугар дьулуурдаахтык уонна
сатабыллаахтык туттан курэхтэспит «Мохсо5ол» хамаанда (Сартан) тахсан 5000
солк. уонна грамотанан на5араадаланнылар. Иккис миэстэ5э «Дьулуур» хамаанда
тахсан 3000 солк., уЬус миэстэ5э ыалдьыттарбыт «Байанай» хамаандалара тахсан
2000 солк. уонна грамоталарынан на5араадаланнылар. «Сындыыс» хамаанда «Эрэл»
тумсуу чилиэннэрэ туруорбут 5000 солк. тутан уеруулэрэ уксээтэ.
Просмотров всего: , сегодня: